icon_gotop
18+
autorisation
Войти | Регистрация
Якутское время
10:22
Вторник, 24 Ноября
Рекламный баннер 990x90px top

Бу дьыл сэтинньи 14 күнүгэр сахабыт литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Анемподист Иванович Софронов – Алампа төрөөбүтэ 140 сылын туолла.

04:23 17.11.2026 16+
Бу дьыл сэтинньи 14 күнүгэр сахабыт литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Анемподист Иванович Софронов – Алампа төрөөбүтэ 140 сылын туолла.

Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай колледжка Алампа 140 сылыгар аналлаах «Алампа суолунан» салаалар икки ардыларынааҕы күрэх буолла.

Күрэҕи саха тылын уонна литературатын уһуйааччылара Саргылана Васильевна Осипова, Зоя Егоровна Чорохоева ыыттылар. Устудьуоннар Анемподист Иванович Софронов – Алампа олоҕуттан, айар үлэтиттэн ыйытыыларга хоруйдаатылар, «Алампалыы эттэххэ» түһүмэххэ хоһоону уус-ураннык ааҕан иһитиннэрдилэр. Хамаандаларга эрдэ дьиэҕэ сорудах бэриллибитинэн, Алампа биллэр драмаларыттан быһа тардыыны туруоран, толорон көрдөрдүлэр. Бүтэһик түһүмэххэ «Алампаҕа анабыл» хоһоон айарга холоннулар.

Күрэх ыалдьыттара, 2023 сыллаахха Алампа аатынан анал бириэмийэ хаһаайына, Иван Иванович, Елена Николаевна Тулааһынаптар ырыаларын бэлэхтээтилэр, колледж уһуйааччылара, бэтэрээннэрэ «Иэйии» бөлөх, эбии үөрэхтээһин устудьуона Альберт Габышев Алампа иэйиилээх хоһооннорун анаатылар, улуу суруйааччы биир дойдулаахтара «Бүлүү Таатталара» Римма Васильевна Нестерова суруйааччы хаан уруу аймаҕа буоларын биллибит, Тааттаттан сылдьар устудьуоннар, Александра Николаевна Тутукарова Алампаны хайдах курдук ытыктыылларын, кининэн киэн тутталларын өссө биирдэ көрдүбүт-иһиттибит. Римма Васильевна салайааччылаах уһуйааччылар уонна бэтэрээннэр "Иэйии" бөлөҕө, Дэгэт ырыа ансаамбыла А.И. Софронов хоһоонноругар биллэр ырыаларынан киэргэттилэр. Алын сүһүөх уонна эбии үөрэхтээһин салаатын устудьуона Айысхаана Васильева суруйааччы «Миигин тоҕо ыллаппаккыт?» хоһоонугар, Виталий Андросов мелодиятыгар аан бастаан сыанаҕа көрөөччү дьүүлүгэр киһи дууһатын таарыйар ырыатын анаата.

Дьүүллүүр сүбэҕэ Анастасия Афанасьевна Новгородова, Айтал Мичилович Николаев, Алина Егоровна Алексеева үлэлээтилэр.

Күрэх түмүгүнэн,
I үрдэл ДОБУН суругунан наҕараадаланныллар - Коррекционнай педагогика салаата;
II үрдэл ДОБУН суругу оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго иитээччилэри бэлэмниир салаа;
III үрдэл ДОБУН суругу Физкультура салаата ыллылар.
«Бастыҥ эр киһи оруолун толорооччу» анал аат - Яковлева Диана, КПНО/11-25
«Бастыҥ уус-уран ааҕааччы» - оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго иитээччилэри бэлэмниир салаа буоллулар.
«Бүлүү Таатталара» Алампа айымньытын бастыҥ туруорааччылара диэн анал бириистэрин коррекционнай педагогика салаа устудьуоннара тутан үөрүүлэрэ үрдээтэ.

Бу кэрэ-бэлиэ түгэҥҥэ Алампа дириҥ уобараһын өйбүтүгэр-санаабытыгар өссө дириҥник иҥэрэн, кини сүдү нэһилиэстибэтин сүрэхпит кистэлэҥэр тутан ахтан аастыбыт. Кини хас биирдии айымньыта саха киһитин кутун-сүрүн долгутар, үйэлэр тухары сүппэт-өспөт сырдык сулус буолан сирдиир.
107

Оставить сообщение: