Бүгүн Олоҥхо Дьиэтигэр Арассыыйа Федерациятын Үлэ Геройа, уһулуччулаах култуура диэйэтэлэ, Арассыыйа норуодунай артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык олохтооҕо Андрей
08:37 12.11.2026 16+
Бүгүн Олоҥхо Дьиэтигэр Арассыыйа Федерациятын Үлэ Геройа, уһулуччулаах култуура диэйэтэлэ, Арассыыйа норуодунай артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык олохтооҕо Андрей Саввич Борисовтыын көрсүһүү буолла. Көрсүһүүгэ эдэр ыччат олонхону толорооччулар, оскуола үөрэнээччилэрэ уонна Н.Г. Чернышевскай аатынан эбии уерэхтээьиннэ салаатын сценическай хайысхалаах группаларын устудьуоннара кытыннылар.
Тэрээһин алгыһынан саҕаланна. Ытык ыалдьыттарга Саха норуотун духуобунай нэһилиэстибэтин баайын уонна уратытын чаҕылхайдык кэрэһэлиир олоҥхоттон быьа тардыылар толорулуннулар. Көрсүһүү кэмигэр Андрей Саввич Арктическай эпос уонна ускуустуба киинин сана уора5айын тутуутун хаамыытын кытта билиһиннэрдэ. Бу тутуу олоҥхо эпическэй нэһилиэстибэтин сайыннарыыга уонна тарҕатыыга Саха Сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ.
Андрей Саввич эдэр дьонно хорсуннук ыраланарга, сыалларын сөпкө туруорунарга, духуобунай сыаннастары бөҕөргөтөргө, сыыһалардаах буолартан куттаммакка эрэллээхтик иннин хоту баран иһэргэ ыҥырда.
Маннык көрсүһүүлэр эдэр көлүөнэни бэйэлэрин күүстэригэр итэҕэйэргэ, төрөөбүт култуураларын сыаналыырга көҕүлүүллэр.
https://vk.com/vilulus
https://t.me/bylyy_uluuha
https://max.ru/id1410005124_gos
Оставить сообщение: