Балаҕан ыйын 21 күнүгэр Николай Гаврилович Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи профессиональнай педагогическай колледжка сырдык уонна суолталаах түгэн буолла.
05:27 22.09.2026 16+
Балаҕан ыйын 21 күнүгэр Николай Гаврилович Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи профессиональнай педагогическай колледжка сырдык уонна суолталаах түгэн буолла.
«Ийэ тыл» түмсүү көхтөөх кыттааччылара уонна оҕону-ыччаты төрөөбүт ийэ тылынан үөрэтиигэ дириҥник интэриэһиргиир бары дьон-сэргэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Ийэ тыл» түмсүү бас-көс салайааччытын, академигы, педагогическай билим докторын, биллэр-көстөр уопсастыбаннай деятель Феодосия Васильевна Габышевалыын истиҥ сэһэргэһиигэ муһуннулар.
Көрсүһүүгэ Феодосия Васильевна ийэ тылбыт суолтатын, кини кэскилин туһунан дириҥ санааларынан үллэһиннэ. Оҕолорго төрөөбүт тылларыгар тапталы иҥэрии, кини кэрэтин, баайын өйдөтүү хас биирдии учуутал, төрөппүт ытык иэһэ буоларын бэлиэтээтэ. Ону тэҥэ, ийэ тылынан иитии-үөрэтии аныгы сайдыылаах кэмҥэ хайдах суолталааҕын, саха омук буоларбыт төрүтэ буоларын ыйда.
Колледж устудьуоннара уонна преподавателлэрэ ийэ тылы сайыннарыыга, кинини харыстааһыҥҥа бэйэлэрин кылааттарын киллэрсэргэ бэлэмнэрин биллэрдилэр.
Бу көрсүһүү хас биирдии кыттааччыга ийэ тыл суолтатын өссө дириҥник өйдөттө, санаалары өрө көтөхтө уонна инники үлэҕэ күүс-уох биэрдэ. Ийэ тылбыт үйэтин тухары чэчирии турдун!
Оставить сообщение: