Ытык мааны Бүлүү улууһун дьоно-сэргэтэ!
11:49 21.09.2026 16+
Ытык мааны Бүлүү улууһун дьоно-сэргэтэ!
Букүннэргэ, балаҕан ыйын 18, 19, 20 күннэригэр, Судаарыстыбаннай Дуумаҕа дьокутааттарын талар быыбар дойдубут үрдүнэн үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
Быыбар түмүгүнэн Саха сиригэр, чуолаан биһиги улууспутугар, «Биир Ньыгыл Арассыыйа» эрэллээхтик кыайда. Баартыйа 20%-нан баһаарыан испииһэктэринэн да, биир мандааттаах быыбардыыр уокуругунан да кыайда.
Биһиги биир дойдулаахпыт, СӨ ыччат дьыалатыгар миниистирэ, байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Пётр Шамаев биир мандааттаах уокуругунан талыллан, баартыйаттан депутат мандатын ылар буолла. Испииһэгинэн Судаарыстыбаннай Дуумаҕа үлэлии сылдьар дьокутаат Галина Данчикова ааһыаҕа.
Бүлүү улууһа үрдүк култууратынан, баай историятынан, сомоҕолоһуутунан уонна дойдуга бэриниилээх буолуутунан биллэр. Бу буолан ааспыт быыбар түмүгэ дьон гражданскай көҕө үрдүк таһымын уонна «Биир Ньыгыл Арассыыйаны» өйүүрүн көрдөрдө. Бу олохтоохтор баартыйаҕа сыһыаннара, дьон бэйэлэрин нэһилиэктэригэр, оройуоннарыгар, Сахабыт Сиригэр бара турар үлэлэрин чопчу түмүктэрин нөҥүө үгүс өттүнэн көрдөрдө.
Күндү биир дойдулаахтарым!
Эһигини барыгытын улууспут инники кэскилин, сайдыытын туһугар бэйэҕит гражданскай позицияҕытын көрдөрбүккүтүн иьин, «Биир Ньыгыл Арассыыйа» баартыйаны уонна уолбутун Пётр Шамаевы эйээн, эрэллээхтик инники күннэргэ таһаарбыткыт иһин истинник махтанабын!
Өрүүтин даҕаны бары биир сомоҕо буолан, улууспут, өрөспүүбүлүкэбит туһугар куруук биир санаалаах буолуоххайын!
Хас биирдии дьиэ кэргэннэ баҕарабын дьолу-соргуну, чэгиэн туругу, ил-эйэ тосхойдун!
Махталы кытта Бүлүү улууһун баһылыга С.Н. Винокуров
Оставить сообщение: