icon_gotop
18+
autorisation
Войти | Регистрация
Якутское время
17:18
Среда, 25 Ноября
Рекламный баннер 990x90px top

Бүлүү улууһугар оттооһун балаһыанньата

11:25 30.07.2026 16+
Бүлүү улууһугар оттооһун балаһыанньата

Быйыл улууска оттооһун былаана- 23182 туонна.
Уһун ардахтар кэннэ, күммут-дьылбыт туран биэрэн бөдөҥ хаһаайыстыбалар звенолара, биирдиилээн отчуттар оттооһуҥҥа киирдилэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ Бүлүү улууһугар уопсайа 1420 тонна кэриҥэ от охсулунна, 903 тонна бэлэмнэннэ, улуус үрдүнэн 916 киһи оттуу сылдьар.

От ыйын 28 кунугэр улуус дьаьалтатыгар Оперштаб мунньаҕа буолла. Онно 19 нэһилиэк бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар, туостаах боппуруостарыгар хоруйдары иьиттилэр. Баппаҕаайы нэьилиэгэр ходуһалара 80 бырыһыана ууга сытарынан сибээстээн ыксаллаах балаһыанньа оҥоһулунна.

Мунньа5ы улууспут баһылыгын бастакы солбуйааччыта Иван Евсеев ыытта.

Былырыын бу кэмҥэ 2400 тонна оттоох буоллахпытына, быйыл уһуннук кэлбит ардахтар оттооһуҥҥа улахан мэһэйи үөскэттилэр. Бу ыарахан балаһыанньа оттооһун хаамыытыгар күүскэ дьайда.

https://max.ru/id1410005124_gos
https://t.me/bylyy_uluuha
299

Оставить сообщение: