icon_gotop
18+
autorisation
Войти | Регистрация
Якутское время
17:28
Среда, 25 Ноября
Рекламный баннер 990x90px top

Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бэтэрээн Сэбиэтэ тэриллибитэ 40 сылын көрсө ыытыллар эстэпиэтэ Кыһыл Знамята Үөһээ Бүлүү улууһугар туттарылынна.

09:10 22.07.2026 16+
Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бэтэрээн Сэбиэтэ тэриллибитэ 40 сылын көрсө ыытыллар эстэпиэтэ Кыһыл Знамята Үөһээ Бүлүү улууһугар туттарылынна.

Бэс ыйын 23 күнүгэр Горнай улууһуттан биһиги улууспутугар кэлбит бу бэлиэ Знамя, улуус 16 нэһилиэгин кэрийэн, дьону-сэргэни сомоҕолоото.

Знамяны арыаллаан илдьэн туттардылар Бүлүү улууһун баһылыгын социальнай бэлиитикэҕэ солбуйааччы Александр Комаров, Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин салайааччыта Федор Николаев, Бэтэрээн сэбиэтин Президиумун чилиэнэ Егор Рожин.

Бу тэрээһин сүрүн сыала-соруга — көлүөнэлэр ситимнэрин харыстааһын, ыччаты дойдуга бэриниилээх буолуу тыыныгар иитии, уһуйааччылыы сыһыаны сайыннарыы уонна чөл олоҕу көҕүлээһин буолар.

https://max.ru/id1410005124_gos
https://t.me/bylyy_uluuha
421

Оставить сообщение: