icon_gotop
18+
autorisation
Войти | Регистрация
Якутское время
17:36
Среда, 25 Ноября
Рекламный баннер 990x90px top

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэтэрээннэрин Сэбиэтин былааҕын эстафетата Бүлүү куоратыгар кэллэ!

10:31 07.07.2026 16+
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэтэрээннэрин Сэбиэтин былааҕын эстафетата Бүлүү куоратыгар кэллэ!

Тэрилтэ 40 сылыгар анаммыт былааҕы биэрии эстафетата Саха сирин улуустарынан айанын салгыыр.

Бэс ыйын 23 күнүгэр бэлиэ былаах Горнай улууһуттан биһиги улууспутугар кэлбитэ – бастакы пуунунан Илбэҥэ буолбута. Ол кэмтэн ыла 15 нэһилиэги кэрийэн, бүгүн Бүлүү куоратыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрүстүлэр.

Бу тэрээһин көлүөнэлэр ситимин харыстааһыҥҥа, ыччаты дойдуга бэриниилээх буолуу тыыныгар иитиигэ, уһуйааччылыы сыһыаны сайыннарыыга уонна чөл олоҕу көҕүлээһиҥҥэ туһуланар.

https://max.ru/id1410005124_gos
https://t.me/bylyy_uluuha
195

Оставить сообщение: