19 төгүлүн ыытыллар Олоӈхо ЫҺЫАҔАР АТ сүүрдүүтүн тэттик сонуна
10:34 07.07.2026 16+
19 төгүлүн ыытыллар Олоӈхо ЫҺЫАҔАР АТ сүүрдүүтүн тэттик сонуна
Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэһилиэгэр быйылгы ат сүүрдүүтэ 5 дистанциянан сүүрдүү буолла. Ат сүүрдэр ипподромнарын быйыл саӈа оӈостубуттар. Саӈа буор сир буолан ат сүүрэригэр табыгаһа суох да соҕус буоллар сүүрүк аттарбыт бэркэ сүүрдүлэр.
Бастакы дистанция 1600 м. 4 саастаах уонна онтон үөһээ саастаах сиэнчэр сылгыларга буолла. Таатта, Амма, Бүлүү сылгылара сүүрдүлэр. Биһигиттэн Чаҕылҕаана сүүрдэ уонна үһүс кэллэ.
Иккис дистанция 2400 м. эмиэ сиэнчэр сылгыларга буолла. Бу дистанцияҕа 6 ат сүүрдэ. Биһиги аппыт Сулустаан иккиһинэн кэллэ.
3600 м. Саха сылгылара илин-кэлин түһүстүлэр. Биһигиттэн Харачаас сүүрдэ. Бу дистанцияҕа 4 ат сүүрдэ. Тыӈааһыннаах сүүрүүгэ Харачаас бастакы миэстэни ылла.
Дьөккөнтөн үс ат барбытыттан Харачаас 1 миэстэ.
Сулустаан 2 миэстэ.
Чаҕылҕаана 3миэстэ буоллулар.
Кэбээйи улууһугар төрөөбүт сылгылар 2400 м. дистанцияҕа Тааһаҕарга Кэбээйи улууһуттан кэлбит Кустук сүүрэн бэйэтин дистанциятыгар 1 миэстэни ылла.
Онон Бүлүү улууһуттан барбыт сылгыларбыт бары миэстэлэстилэр.
Бүлүүлэр ат сүүрдүүтүгэр СЭМЭЙ ситиһиилэрдээх дьиэлэригэр айаннаатылар. Чемпионнары уонна призердары эҕэрдэлиибит! Ат спорда инникитин да САЙДА турдун!
Дьөккөнтөн Альбина Ионовна.
https://max.ru/id1410005124_gos
https://t.me/bylyy_uluuha
Оставить сообщение: