icon_gotop
18+
autorisation
Войти | Регистрация
Якутское время
23:57
Четверг, 26 Ноября
Рекламный баннер 990x90px top

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархан Айсиэн Николаев уурааҕынан ыам ыйын 25 күнэ «ОҺУОХАЙ» күнүнэн биллэрилиннэ

05:20 25.05.2026 16+
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархан Айсиэн Николаев уурааҕынан ыам ыйын 25 күнэ «ОҺУОХАЙ» күнүнэн биллэрилиннэ. Ыйаах сүрүн соруга – Арассыыйа норуоттарын култуураларын үйэлээх духуобунай баайын – саха төрүт үҥкүүтүн «Оһуохайы» харыстааһын уонна киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы
Николай Гаврилович Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай колледжка оһуохай күнүн бэлиэтээтилэр. Бу күн устудьуоннар уонна уһуйааччылар биир сомоҕо буолан, саха төрүт үҥкүүтүн - оһуохайы тула түһэн, үөрүү-көтүү аргыстаах бэлиэтээтилэр.
Оһуохай – киһи дууһатын күүһүрдэр, дьону түмэр, биир санаалаах оҥорор ураты култуурабыт чааһа. Оһуохай кэмигэр устудьуоннар бэйэлэрин сатабылларын көрдөрөн, эйгэни ырыа-хоһоон тылынан толордулар. Бу курдук тэрээһиннэр төрүт култуурабытын үйэтитиигэ, эдэр ыччакка патриотическай тыыны иҥэриигэ улахан суолталаахтар.
1305

Оставить сообщение: