icon_gotop
18+
autorisation
Войти | Регистрация
Якутское время
23:51
Четверг, 26 Ноября
Рекламный баннер 990x90px top

Сэмээр сиккиэр тыалынан

03:48 22.05.2026 16+
Сэмээр сиккиэр тыалынан
Сэбирдэҕи хамсатан,
Сарыал күнүн уотунан
Сырылата куйааран, -
Илгэ сайын кэллэ.
Кыынньа көөймүт арыылаах
Кымыһынан дьалкыйан,
Көрдөөх-нардаах оонньуулаах
Күндү кэммит барахсан, -
Кэрэ сайын кэллэ.
Сылыбырас самыырын
Сыыйда уулаах былыта,
Аста дьарҕаа кустугун
Алаарыйар халлааҥҥа, -
Үтүө сайын үүннэ.
Солко нуолур от ситэн
Суугуннура долгуйда,
Бурдук арыы саһаран,
Будьуруйан таҕыста, -
Быйан сайын буолла.

Күндү Бүлүү улууһун олохтоохторо!
Эһигини барыгытын Сахабыт сиригэр күүтүүлээх сайын кэлиитин бэлиэтиир Ньукуолун күнүнэн уонна Сайылык бырааһынньыгынан ис сүрэхтэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

https://max.ru/id1410005124_gos
https://t.me/bylyy_uluuha
1423

Оставить сообщение: