Икки Геройдаах нэhилиэк Кыайыыны уйэтиттэ.
06:21 10.05.2026 16+
Икки Геройдаах нэhилиэк Кыайыыны уйэтиттэ.
Ыам ыйын 9 кунугэр, Кыайыы 81 сылын бэлиэтиир дьоро кунцэ, биhиги икки Геройдаах Бала5аччы нэhилиэгэ уеруулээх бэлиэтээhини ыытта.
Сарсыарда 11 чаастан "Бессмертный полк" хаамыыта ыытылынна. Олохтоохтор сэриигэ кыттыбыт а5аларын, эhэлэрин уонна тыылга улэлээбит бэтэрээннэрин хаартыскаларын тутан, нэhилиэк уулуссатын устун сэлэлии хаамтылар. Бу хаартыскалары Чэчир сынньалац киинин улэhиттэрэ мунньан, босхо бэчээттээн таhаардылар. Уонна Бала5анца альбом онорон бэлэх ууннулар.
А5а саастаах ытык дьонтон са5алаан, эдэр ыччат уонна оскуола о5олоро - нэhилиэк киинигэр, Геройдар мемориалларыгар муhуннулар.
Бу кун хорсуннук сэриилэспит икки Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдара А.А.Миронов уонна Н.С.Степанов сырдык ааттарын ааттаан, кинилэр уонна сэриигэ елбут-сура5а суох суппут 5 бырааттыы Борисовтар, 3 бырааттыы Николаевтар, тыылга улэлээбит бары дьоммут кэриэстэригэр сугуруйдубут.
Миитинцэ нэhилиэк А5а баhылыга С.С.Филиппов, Дьоруой Н.Степанов кыыhа А.Н.Степанова, сэрии сылын о5ото М.С.Иванова нэhилиэк историятын, сэрии сылларын кэпсээтилэр, эдэр ыччаты бэйэлэрин дьоруой ааттаах биир дойдулаахтарын холобур туттан, утуе улэ5э, уерэххэ дьулуhарга ыцырдылар. Дьоруойдар бюстарыгар сибэкки дьербетун уурдулар. "Саллаат хааhыта" тэрилиннэ. Мустубут дьон бары "Синий платочек" вальс уцкууннэн уонна "Катюша" ырыаннан тумуктээтилэр. Онтон Бала5анца а5ам саастаах кырдьа5астарбытыгар итии чэйдээх остуол тэрилиннэ. Дьиэлэригэр олорор тыыл бэтэрээнигэр, сэрии сылын о5олоругар оскуола о5олоро, Баhылык дьиэлэригэр тиийэн бэлэхтэрин туттардылар, музыкальнай нуемэр туруордулар. Бала5аччыга бугунцу кунцэ 1 тыыл бэтэрээнэ, 8 сэрии сылын о5олоро олороллор.
Икки Геройдаах нэhилиэк Кыайыы 81 сылын бу курдук киэцник уонна дирицник бэлиэтээн утуе холобуру кердерде.
https://max.ru/id1410005124_gos
https://t.me/bylyy_uluuha
Оставить сообщение: