icon_gotop
18+
autorisation
Войти | Регистрация
Якутское время
15:39
Суббота, 2 Августа
Рекламный баннер 990x90px top

Быйыл Өрөспүүбүлүүкэ үрдүнэн кэтэһиилээх ыһыахтар буолуохтара. Онуоха Бөтүҥ нэһилиэгэр саҥалыы

02:33 04.06.2022 16+
Быйыл Өрөспүүбүлүүкэ үрдүнэн кэтэһиилээх ыһыахтар буолуохтара. Онуоха Бөтүҥ нэһилиэгэр саҥалыы оҥоһуллубут ыһыахтыыр сиргэ ыһыах ыһаары бэлэмнэнии үлэтин саҕаланна. Ол курдук, бэс ыйын 4 күнүгэр нэһилиэккэ ыһыахтыыр сири ыраастааһыҥҥа субуотунньук биллэриллибитэ. Субуотунньукка үгүс киһи кэлэн- пенсионердар, тэрилтэ үлэһиттэрэ, үлэтэ суохтар, эдэрдиин- кырдьаҕастыын, бары түмсэн, элбэх тутуу сыыһын, бөҕүн хомуйан ыраастаатылар. Бу хомуллубут бөҕү чааһынай трактордаах Евдокимов С.С., Иванов В.Д., Корнилов В.В., массыыналаах Иванов Н. Никифорович утары таһан кэбистилэр. Улуус бары олохтоохторо бу курдук мэлдьи түмсүүлээх буолуҥ, оройуоммут сайда, үүнэ турарын туһугар биир сомоҕо буолуоххайыҥ!!! #Бүлүүулууһа #Вилюйскийулус #субботники #ыһыах

3934

Оставить сообщение: