Бүлүү улууһугар бүгүҥҥү туругунан 1 ойуур баһаара турар
08:05 02.06.2024 16+
Бүлүү улууһугар бүгүҥҥү туругунан 1 ойуур баһаара турар.
Улууска баһаартан сэрэхтээх буолуу мэктиэтэ саамай үрдүк 4 сүһүөхтээх мэктиэни улууска халлаан туругун кэтээн көрөр станцията биллэрдэ. Манна олоҕуран, улуус баһылыга ойуурга сэрэхтээх буолуу дьаһалын ыам ыйын 30 күнүгэр таһаарда.. Күн бүгүн Балаҕаччы нэһилиэгиттэн 12 км-дээх тэйиччи сиргэ, 4 №-дээх ойуур баһаара бэлиэтэннэ. Бэс ыйын 1 күнүн туругунан, баһаар уопсай иэнэ 350 Га-ҕа тэҥнэһэн турар. Бу баһаары умуруорууга уопсайа 80 киһи, 15 техника түүннэри-күнүстэри үлэлииллэр. Мантан таһынан атын ойуур баһаара Бүлүү улууһугар бэлиэтэнэ илик.
Билиҥҥитэ ойуур баһаара нэһилиэнньэлээх пууннарга кутталы үөскэппэт диэн Бүлүү улууһун баһылыгын солбуйааччы Никифор Саввинов иһитиннэрдэ.
Оставить сообщение: