icon_gotop
18+
autorisation
Войти | Регистрация
Якутское время
13:16
Sunday, 17 Августа
Рекламный баннер 990x90px top

Улуу Кыайыы 79 сыллаах күнүн көрсө

06:44 09.05.2024 16+
Улуу Кыайыы 79 сыллаах күнүн көрсө, Бүлүү улууһун олохтоохторо үөрүүлээх мунньахха кыттыыны ыллылар.

Мунньахха тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ, ытык кырдьаҕастар, улуус салалтата, оҕолор, улуус олохтоохторо кыттыыны ыллылар. Улуу кыайыы суолтатын үйэтитэргэ, Бүлүү куорат баһылыга Ян Анатольевич Попов дакылаат аахта, Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Николаевич Винокуров, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Афанасий Семенович Волков, улуус эдэр ыччатын аатыттан «Хорсун» патриотиичэскэй кулууп хамандыыра Харысхан Дмитриев күндү ыалдьыттары эҕэрдэлээтилэр. Маны таһынан Аҕа Дойду сэриитин бэтэрээннэрэ Николай Иванович Афанасьев, Симен Иванович Колтовской, Кирилл Егорович Павлов улуус бары олохтоохторун Улуу Кыайыы күнүнэн видео эҕэрдэлэрэ көһүннэ.

2909

Оставить сообщение: