icon_gotop
18+
autorisation
Войти | Регистрация
Якутское время
07:42
Понедельник, 18 Августа
Рекламный баннер 990x90px top

УБААСТАБЫЛЛААХ БҮЛҮҮ УЛУУҺУН ОЛОХТООХТОРО!

00:57 01.03.2024 16+
УБААСТАБЫЛЛААХ БҮЛҮҮ УЛУУҺУН ОЛОХТООХТОРО!

Бу күннэргэ Бүлүүтээ5и педколледж устудьуоннара "Небо без границ" диэн халлааҥҥа көтөр коптердары оҥорорго, көтүтэргэ үөрэтэр элбэх хайысхалаах киин арылларыгар бырайыак оҥороннор, «Алмаасэргиэнбаан» АУо «Сайдыыга мөллүйүөн» диэн куонкуруһугар кытта сылдьаллар. Билигин аан дойду барыта IT-технология сайдыытыгар, тус олоххо туһалаах буоларыгар тардыһар. Ол курдук биһиги оҕолорбут бырайыктара олоххо киирдэҕинэ оҕолорго эрэ буолбакка, улахан дьоҥҥо эмиэ элбэх туһаны аҕалыа диэн бигэ эрэллээхпит. Ытыктабыллаах улууспут олохтоохторо, оҕолорбут бырайыактара олоххо киирэригэр күүс-көмө буолуоххайыҥ, бары түмсэн өйүөххэйиҥ диэн ыҥырабыт!

Куоластааһын ирдэбилэ:

Алмаасэргиэнбаан «Саха сирин олохтооҕо» каартатын оҥоттор;

«АЭБ Онлайн» сыһыарыыны төлөпүөҥҥэр хачайдаа, регистрациялан;

Салгыы куоластааһын сирэйигэр сыһыарыы сүрүн экраныгар «Поддержи свой район» диэни баттаа;

Бүлүү улууһун тал.

Куоластааһын КУЛУН ТУТАР 24 КҮНҮГЭР

диэри ыытыллар.

Бырайыак түһүнан сиһилии ссылканнан киирэн көрүөххүтүн сөп

https://albank.ru/ru/actions/million/

2779

Оставить сообщение: