

00:12 09.02.2024 16+



Кыргыдайга Бырабыыталыстыба 2023 сыллааҕы үлэтин отчуота саҕаланна.
Бүгүн, олунньу 8 күнүгэр, СӨ Экэниэмикэ миниистирин солбуйааччы И.Е.Елисеев салайааччылаах оробуочай бөлөх өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын 2023 сыллааҕы үлэтин отчуотун Бүлүүгэ Кыргыдай нэһилиэгэр «Туску» сынньалаҥ олохтоохторугар сырдатта.
Нэһилиэк олохтоохторо гаас киириитин, учууталлар хамнастарын, дьиэнэн-уотунан, эминэн-томунан хааччыйыы, боппуруоһун, уот-күөс боппуруоһун ыйыттылар. Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай былааһын ситэриилээх уорганын оробуочай бөлөҕүн кыттыылаахтара дьон-сэргэ биэрбит ыйытыыларыгар хоруйдаатылар.
Кыргыдайдар долгуйан туран суолларын-иистэрин туруорсалларыгар, ордук саас, сайын улахан эрэйи көрсөллөрүн этиннилэр. Маны сэргэ, оскуола тутуутун туруорустулар. Маныаха олохтоох кулууп дириэктэрэ Г.Осипова паарталар үрдүлэригэр буор саккырыырын, өскөтүн оскуола сабылыннаҕына, оҕолор кулуупка эрэ үөрэнэр кыахтаналларын этэн туран, манна эмиэ биир кыһалҕа баарын бэлиэтээтэ. Ол курдук, 1986 сыллаахха тутуллубут кулууп өрөмүөн күүһүнэн эрэ турар, эргэрбитин ааһан, муостатынан олус тымныыты, — 29 кыраадыска тиийэ тымныы буолар диир. Саҥа кулууп кыаллан тутуллубат буоллаҕына, хапытаалынай өрөмүөн оҥоһулларын туруоруста.
Манна даҕатан, оҕолор билигин үөрэнэр кыһаларын боппуруоһугар эргилиннэххэ, 1929 сыллаах. Урут сайылыктан көһөрөн киллэрбиттэр. Онон өссө эрдэ тутуллубут буолуон сөп диэн сабаҕалыыллар. Быйыл кулун тутарга 95 сылын туолар.
https://sakha-sire.ru/kyrgydajdar-yjytallara-turuorsa..
ЧИТАТЬ ТАКЖЕ ПО ТЕМЕ
Главные новости Якутии и Дальнего Востока
25.11.2026
83
24 ноября 2026 года в конференц-зале Дворца культуры им
25.11.2026
127
В школах города Вилюйск объявлен карантин
24.11.2026
95
Это сообщение нельзя откладывать на потом!
23.11.2026
101



Оставить сообщение: